Үтүө күнүнэн сүрэхпэр өрүү чугастык илдьэ сылдьан ахтар-саныыр күн сирин көрбүт төрөөбүт дойдум Балаҕаччы олохтоохторо!
Эһигини бастатан туран дойдум юбилейдаах 250 сылын туолбутунан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Уонна бу дойдубут юбилейыгар анаан сэмэй кылааты киллэрэр баҕа санаабытын толорон дойдубут хоһоон айааччыларын хомуурунньугун хомуйан кинигэ оҥоһуллан таҕыста
Уопсайынан эттэххэ.
Биһиги дойдубутугар былыр былыргыттан төһөлөөх элбэх айар талааннаах, дьоҕурдаах дьоннор олорон ааспыттарын биһиги ааҕан сиппэппит чуолкай.
Онтон төһөлөөх элбэх айымньы сурукка да тиһиллибэккэ хаалбытынан сибээстээн элбэх дьон айымньыта биллибэккэ –көстүбэккэ да хаалбытын бэйэбит да билбэппит буолуохтаах. Онон бу хомуурунньукка төһөнү булбуппутунан үс көлүөнэ айар дьоҕурдаах хоһоонньуттарын айымньыларын 50 автордартан республика араас улуустарыттан хомуллан киирдилэр.
Кинигэҕэ киирбит хоһоон айааччыларбыт саастара араастар ол курдук оскуола оҕотуттан саҕалаан 90 саастаах ытык кырдьаҕастарбытыгар тиийэ саастаах дьон буолаллар. Ол аата биһиги ытык кырдьаҕастарбыт аҕам саастарыгар тиийэ өрүү холобур буолан ыччаттары үтүө үгэскэ, сырдыкка-кэрэҕэ, айымньылаах үлэҕэ өрүү сирдии сылдьалларын туоһулуур. Онон мааны махталбытын тиэрдэбит ытык дьоммутугар Афанасий Семенович Волковка, Семен Викторович Иванов-Тельеҕа, кинилэргэ баҕарабыт оҕолоргут – сиэннэргит тапталларыгар бигэнэн олус уһун дьоллоох олоҕу, уһун үйэни.
Онтон эдэр ыччаттарбыт хоһоонноро инникитин өссө даҕаны элбэх айымньылар быстыбакка сүппэккэ айылла туруохтарын билгэлиир уонна улахан эрэли инникигэ үөскэтэр.
Манна даҕатан эттэххэ хоһоон айааччыларбыт бука бары киһи ааҕан сиппэт араас идэлээх үлэлээх-хамнастаах дьон буолаллар. Уонна олох хайа да кэмигэр суруйар, айар-тутар дьоҕурдарын сүтэрбэккэ илдьэ сылдьалларыттан киһи ордук күүскэ үөрэр көтөр, сүргэтэ көтөҕүллэр. Былыр арааһа маны этэр буоллахтара бүргэһи таҥас мөһөөччүккэ хаалаабаккын син биир ханан эрэ дьөлө көтөн тахсар. Ол курдук биһиги дьоммут айар үлэлэрэ олохторун араас кэмигэр сүппэккэ-симэлийбэккэ батыһа сылдьан кэмиттэн кэмигэр тахсан дьону сэргэни күндүлүүр, долгутар.
Маны таһынан дойдуларыттан үлэ-үөрэх батыһан, олох оҥостон тэлэһийэ сылдьар дьоммут дойдуларыгар ахтылҕаннарын таһааран анаабыт элбэх хоһооннорун ыыппытара хас биирдии киһини олус долгутар, дойду ахтылҕанын олус күүһүрдэр, уйадытар, умсугутар. Ол курдук Николай Гаврильевич Наумов, Зоя Захаровна Колодезникова, Александр Никитич Семенов, Федор Федорович Николаев,Татьяна Ивановна Артемьева, Вера Семеновна Охлопкова, Анна Михайловна Сергеева, Фатима Семеновна Верховцева, Дария Николаевна Нестерева, Мария Егоровна Шумилова, Евдокия Давыдовна Самсонова, Вера Святославовна Гаврильева хоһооннорун киһи олус долгуйа ааҕа олорон санаа5ар дойдубут сылаас салгына саба кууьарга дылы буолар.
Уонна өссө сорох хоһоонньуттар хоһоонноро ырыа буолан тахсан уостан сүппэккэ дьиэ иһиттэн саҕалаан араас мероприятияларга, күрэхтэргэ тиийэ ыллана сылдьаллара олус үөрүүлээх. Ол курдук Дмитрий Тимофеевич Михайлов-Балаҕаччыыныскай, Афанасий Дмитриевич Степанов, Мария Николаевна Иван Семенович Алексеевтар, Иннокентий Алексеевич Дмитриев, Григорий Иванович Степанов,Иван Иванович Иванов, Николай Афанасьевич Афанасьев-Айдаман, Саргыяна Симоновна Алексеева хоһоонноро ырыа буолбуттарын дьон -сэргэ олус сөбүлээн ыллыыллар, ылланаллар уонна үйэлэр тухары ыллана турдуннар диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Онтон кинигэбитигэр киирдэххэ бастатан туран эппиппит курдук урут олорон ааспыт талааннаах ытык дьоннорбут суруйан хаалларбыт хоһоонноро киирдилэр,
Иккиһинэн, сибилигин үлэ-хамнас, дьиэ-уот түбүгүн ортотуттан бириэмэ, быыс булан айа-тута сылдьар орто саастаах күндү дьоннорбут хоһоонноро киирдилэр
Үсүһүнэн Акулина Васильевна салайааччылаах саҥардыы улахан олох суолугар үктэммит эдэр ыччаттарбыт суруйбут хоһоонноро киирдилэр.
Уопсайынан ыллахха үгүс дьоннор хоһоонноро дойдубут кэрэ айылҕатыгар, үтүөлээх үлэһит дьонноругар ананар, элбэх хоһоон оҕо саас кэрэ кэмигэр, күн сирин көрдөрбүт күн күбэй төрөппүттэргэ уонна улаханнык киэн туттар икки Улуу Герой дьоннорбутугар Николай Саввич Степановка, Алексей Афанасьевич Мироновка ананаллар.
Хас биирдии автор хоһооннорун ааҕа олорон киһи олус элбэҕи толкуйдуур, урукку уонна билиҥҥи олоҕу ырыҥалыыр – ырытар, кинилэр олорон ааспыт олохторун билэн-көрөн сороҕор хараастыы-мунчаарыы, уонна кинилэр олохторунан-үлэлэринэн –хамнастарынан киэн туттар киэҥ санаа ахтылҕан аргыстаах киирэн кэлэр уонна күүстээх санаа кынатыгар уйдаран дойдубут кэрэ сирдэрин –уоттарын хараххар бу баардыы көрөн ахтылҕан абылаҥар куустараҕын.
Ол курдук биһиги дойдубут бэйэтэ олус кырасыабай күүстээх айылҕалаах дойдулаах буолан, үгүс элбэх талааннаах, үтүө үлэһит дьоннор таптаан-талыллан үөскүүр-төрүүр сирдэрэ диэтэхпинэ алҕаһаабат буолуохтаахпын.
Онон бары кыттыспыт автордарга улахан махталбын тиэрдэбин уонна өссө даҕаны элбэх айымньылаах үлэлэр, хоһооннор, хомуурунньуктар тахса турдуннар диэн алгыыбын.
Кинигэ тахсарыгар үгүс элбэх үлэни ыытыспыт, сүбэ-ама буолбут, көмөлөспүт, өйөбүл тирэх буолбут, биир дойдулаахтарбар Балаҕаччы баһылыгар Афанасий Васильевич Васильевка, дьонун-сэргэтин барыларын атаҕар туруоран, үгүс элбэх дьоннуун сибээстэһэн элбэх автордары булан хоһооннорун хомуйан ыыппыт Лидия Ивановна Волковаҕа, дойдутугар олорон дьонун –сэргэтин күүскэ түмэн сүбэ-ама буолбут Мария Николаевна Алексееваҕа, Якутскай куоракка олорон Балаҕаччыттан төрүттээхтэри мунньар иилиир-саҕалыыр дойдутун дьонун түмэр, сүүрэн-көтөн үгүс элбэх үлэни хамнаһы ыытар Фатима Семеновна Верховцеваҕа, дойдуга наада диэн тылы иһиттэр эрэ өрүү бастакыннан дьаһайсар, салайсар улахан кыттыыны ылар Ирина Никифоровна Сухонинаҕа уонна кинигэ тахсарыгар бэйэлэрин үтүө санааларынан харчыннан күүс-көмө буолбут Клим Ионович Борисовка, Марфа Николаевна Сергееваҕа, Зоя Дмитриевна Филипповаҕа, Мария Николаевна Алексееваҕа, Сергей Николаевич Анна Ивановна Винокуровтарга, Наталья Никифоровна Волковаҕа, Виктор Степанович Саввиновка,Лидия Ивановна Волковаҕа, Елизавета Николаевна Васильеваҕа, Елена Никитична Семеноваҕа, Ульяна Дмитриевна Михаил Семенович Степановтарга,Александр Николаевич Степановка, Ирина Федоровна Николаеваҕа, Наталья Васильевна Васильеваҕа,Раиса Егоровна Давыдоваҕа, Дария Егоровна Надысеваҕа, Вера Семеновна Охлопковаҕа, Ульяна Афанасьевна Николаеваҕа, Николай Афанасьевич Афанасьев-Айдамаҥҥа, Вера Святославовна Гаврильеваҕа, Августина Егоровна Филипповаҕа, Антонина Григорьевна Алексееваҕа онтон да элбэх үтүө санаалаах биир дойдулаахтарбытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит. Кинигэ таһыгар талааннаах мА
с ууһа, хомоҕой хоһоонньут Сергей Федорович Еремеев чочуйан оҥорбут сэргэтин хаартыската киллэрилиннэ. Маннык үтүө патриот дьоннордоохпутунан киэн туттабыт, холобур оҥостобут уонна күүстээх эрэллээх дьоммутугар улаханнык махтанабыт.
Ити курдук бары күүһү холбоон кинигэбит күн сирин көрдө, бар дьон дьүүлүгэр таҕыста. Автордар хайдах санааларын суруйбуттарынан хайдах баарынан киллэрилиннэ. Кыракый алҕастар баалларын баалаабаккытыгар көрдөһөбүн. Мантан салҕаан өссө да элбэх айымньылар, кинигэлэр таҕыстыннар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.
Уонна бука бары дойдум дьоһун дьонугар баҕарабын туохха да бэриммэт тулхадыйбат туруору таас хайалыы олус күүстээх доруобуйаланыҥ, тобус толору дьоллоох – саргылаах олохтоох буолуҥ,
Аҕам саастаахтар этэҥҥэ сылдьыҥ, оҕо-сиэн толору дьолунан дьоллонон уһун да уһун дьоллоох олохтонуҥ,
Орто саастаахтар эһиэхэ баҕарабын үгүөрү үптээх үлэни –хамнаһы, үөрүүнү-көтүүнү, үгүс элбэх ситиһиини, чаҕылхай чыпчааллары, киэҥ далааһыннаах хардыылары.
Онтон кэскил кэҥэтэр кэрэчээн оҕолорбутугар инники олоххут сырдыгынан сыдьаайдын, күндүннэн күндээрдин, ийэни –аҕаны үтүмэнник үөрдэн, эһээ-эбээ эрэлин толорон төрүттэргитин күүстээхтик утумнаан элбэх киэҥ билиилээх-көрүүлээх үтүө дьон буолан тахсаҥҥыт дьоҥнутун-сэргэҕитин, дойдугутун үрдүктүк ааттатар үтүө дьон буолан тахсыҥдиэн баҕа санаабын тиэрдэбин.
Үрүҥ күн үөрүүтэ, саҥа күн саргыта
Үрүҥ күн үөрүүтүн
Үгүөрү соҕустук
Үтүлүкпүнэн баһан
Үрэҥ күөлүм үрдүнэн
Үтүрүйэн аҕалан
Үрдүгүтүгэр кутабын.
Саҥа күн саргытын
Саҕахтан сабардаан
Сахалыы тылынан
Саталлык сааһылаан
Саамы күөл салаатынан
Салайан ыытабын
Кэрэ күн кэскилин
Кэтэһэн ыламмын
Кэҕэлээх киэлитигэр
Кэккэлээн турар
Кээһиилээх от курдук
Кэһиибин ыытабын
Ойор күн уйгутун
Олгуйга баһан ылан
Одуҥда ойоҕоһугар
Олохтоохтук оҥостон
Оттоммут от курдук
Оһуордаах тыл аныыбын
Солко күн солотуутун
Суһуохпар соһон ылан
Сохообут суолугар
Солооһун курдук
Субуруччу субуллубут
Сонуммун ыытабын
Минньигэс күн мичээрин
Мэҥэстэн олорон
Мундулуҥда моойугар
Мунньуллубут бугул курдук
Муҥутуур үгүс элбэх
Модун тыллары аныыбын
Бараммат күн байҕалын
Барытын баһан ылан
Бахымат баһыгар
Бачымахтыы кээһиллибит
Баараҕай оттордуу
Баҕа санаабын тиэрдэбин
Улахан махталы кытары Балаҕаччыттан төрүттээх Дьокуускай куорат олохтооҕо Галина Ивановна Борисова
Сиһилии киирэн көрөүҥ https://www.instagram.com/tv/CZ3oeOSA8qJ/?utm_medium=share_sheet