МИР ТРУД МАЙ 2023
Ыам ыйын 1 күнүгэр Балаҕаччы нэһилиэгэр «Эйэ, үлэ, күөх маай» бырааһынньыгын нэһилиэк олохтоохторо «Чэчир» сынньалаҥ киинигэр бэлиэтээтилэр. Эдэр көлүөнэҕэ ааспыт кэм тыынын билиһиннэрэр, урукку көлүөнэ ыччатыгар ааспыт кэми санатар сыаллаах-соруктаах «Урукку кэми сөргүтэн» — диэн түөлбэннэн күрэхтэһии буолан ааста. Манна ретро-дефиле, ааспыт үйэ малларынан выставка, фотозона оҥоруута уонна сэбиэскэй кэминээҕи олбуор оонньууларыгар күрэхтэр буоллулар. Нэһилиэк түөрт түөлбэтэ көхтөөх кыттыыны ыланнар тэрээһин бэрт сэргэхтик ааста, кулууппут иһэ биир күн үйэлэри нөҥүөлээн ааспыт кэмҥэ төннөн ылла. Эдэр көлүөнэ, оҕолор ордук олбуор оонньууларын сэҥээрдилэр. Манна түөлбэннэн хамаанда тэринэн лапта оонньоотулар. Тэрээһин түмүгэр улахан экраҥҥа ол кэминээҕи киинэ көһуннэ.