«Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат»
Сэбиэскэй Союз геройа Алексей Афанасьевич Миронов аатынан Мастаах орто оскуолата Улуу Кыайыы 78 сылыгар аналлаах “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат” хоһоон ааҕыытын күрэҕин биллэрбитэ. Күрэх ыам ыйын 6 күнүгэр ”Чэчир” сынньалаҥ киинигэр буолан ааста. Манна оскуола оҕолоро эрэ буолбакка, дьиэ кэргэннэринэн кыттыыны ыланнар тэрээһин нэһилиэк таһымыгар таҕыста. Күрэх бүгүҥҥү олохпут туһугар олохторун толук биэрбит хорсун дьоммут албан ааттара умнуллубакка үйэлэргэ ахтыллар, эйэ, көҥүл олох иһин охсуспут охсуһууларын билиҥҥи ыччакка биллэрэр сыаллаах-соруктаах буолла. Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар Акулина Николаевна Степанова, Марфа Гаврильевна Николаева уонна Святослав Николаевич Николаев киирбиттэрэ.
Биирдиилээн толорууга; 1 миэстэ — Яковлева Айыына 2 кылаас, 2 миэстэҕэ — Алексеева Амелия 2 кылаас, 3 миэстэ — Алексеева Алиса 2 кылаас. Улахан кылаас оҕолоругар 1 миэстэ – Алексеева Айсена 6 кылаас, 2 миэстэҕэ – Филиппов Айсен 10 кылаас. Кылааһынан ааҕыыга алын сүһүөх кылаастарга; 1 миэстэ — 2 кылаас, 2 миэстэ – 1 кылаас, 3 миэстэ -1 кылаас. Улахан кылаастарга; 1 миэстэ – 11 кылаастар, 2 мистэҕэ – 7 кылаас, 3 мистэ – 5 кылаас. Дьиэ кэргэнинэн толорууга 1 миэстэ – Гоголевтар дьиэ кэргэн, 2 миэстэ – Никифоровтар дьиэ кэргэн , 3 миэстэ – Яковлевтар дьиэ кэргэн. Кыайыылаахтар туоһу уонна добун суругунан наҕараадаланнылар.