Дьиэ кэргэн күнэ
Ыам ыйын 16 күнүгэр дьиэ кэргэн күнүгэр анаан “Чэчир” сынньалаҥ киинин оҕо оонньуур площадкатыгар дьиэ кэргэнинэн көрдөөх оонньуулар буоллулар. Манна 4 киһилээх 7 хамаанда буолан оонньоотулар. Сүрүн оонньууларынан «Балда», “Волейбол”, “Городки”, “Лабиринт” буоллулар. Оҕолор ордук “Балда”оонньууну сэҥээрдилэр. Көхтөөх кыттыыны ылбыт оҕолор, дьиэ кэргэннэр кыракый сэмэй бэлэх туттулар.
Маны таһынан “Мин дьиэ кэргэним” уруһуй күрэҕин түмүгэ таҕыста.