«НОРУОТ КҮҮҺЭ-КӨМҮӨЛ КҮҮҺЭ»
Анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө оҥорууга улахан нэһилиэктэргэ, куораттарга анал штабтар үлэлиир буоллахтарына, кыра нэһилиэктэргэ оннук штаб үлэтин солбуйар, дьону түмэр сынньалаҥ кииннэр уонна түмсүүлэр буолаллар. Ол курдук Бүлүү улууһун Балаҕаччы нэһилиэгин «Чэчир» сынньалаҥ киинин көҕүлээһининэн олохтоох дьон мустан, бу күннэргэ кыралыын-улаханныын саба түһэн 2 блиндажнай сиэккэни уонна 3 дьааһык окопа чүмэчитин бу күннэргэ ыытаары бэлэмнии сылдьаллар. Бу нэһилиэктэн иккис партия буолар, былырыын 3 улахан сиэккэни баайан ыыппыттара.
Биллэрин курдук көмө оҥорууга үп-хаччы, илии-атах наада. Дойду үрдүнэн ыҥырыы биллэриллибитигэр Балаҕаччылар туора турбакка, ыҥырыыны ылынан көмө оҥоруон баҕалаах дьон, ким-туох кыахтааҕынан көмөлөспүттэрэ.
Маннык үлэҕэ дьон түмсүүлээҕэ уонна көхтөөҕө төһүү күүс буолар. Акцияҕа олохтоох эрэ нэһилиэнньэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар олорор Балаҕаччыттан төрүттээх дьон бэйэлэрин кылааттарын киллэрбиттэрэ. Акция чэрчитинэн 43000 харчыннан көмө киирбититтэн, окопнай чумэчигэ-воск, сиэккэ өрүүтүгэр-материал уонна анал дьайыыга сылдьар Балаҕаччы уолаттарыгар посылка хомуллубута. Маскировочнай сиэккэни Советскай Союз Геройа Алексей Афанасьевич Миронов аатынан Мастаах орто оскуолатын коллектива уонна үөрэнээччилэрэ, «Алаас Далбара», «Күбэйэ», «Салама» түмсүү кыттыылаахтара уонна биирдиилээн дьон түмсэн оҥордулар.
Маны таһынан Балаҕаччы олохтоох уонна Балаҕаччыттан төрүттээх эр дьон бэйэлэрин уолаттарыгар куйах ылалларыгар 102 000 солкуобай хомуйан ыыппыттара.
Акцияҕа кыттыбыт дьоммут-сэргэбит, хас биирдиибит кылаата анал байыаннай дьайыы кэккэтигэр сылдьар уолаттарбытыгар улахан өйөбүл буоларын өйдөөн туран, ыҥырыыбытын ылынан, көхтөөх кыттыыны ылбыккытыгар итиитик-истиҥник махтанабыт!
Инникитин даҕаны күүс-көмө буолуоххут диэн эрэнэбит!