Балаҕаччыттан Степановтар дьиэ кэргэн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Удьуор Уус  ситимэ» күрэххэ.

          Кулун тутар 4 күнүгэр өрөспүүбүлүкэбит килбэйэр киинигэр “Норуот маастара” күнүн чэрчитинэн ыытыллар “Якутия мастеровая” быыстапканы кытта быйыл Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылларыгар анаан «Удьуор Уус  ситимэ»  диэн уус-уран оҥоһукка дьиэ кэргэн династияларын күрэҕэ буолан ааста. Күрэх төрүт култуураны, үгэһи норуот уус-уран оҥоһуктарыгар киллэрэн үйэтитэр, айар-тутар дьоҕурдаах  дьиэ кэргэннэри түмүү  уонна көлүөнэлэри холбуур сыаллаах-соруктаах буолла. Бастакы түһүмэххэ бэйэни билиһиннэрии, иккис түһүмэххэ айар дьоҕуру көрдөрүү уонна үһүс түһүмэххэ бэйэ оҥоһугун быыстапката.

     Күрэххэ өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан 10 дьиэ кэргэн кыттыыны ылбыттара, ол курдук; Алдан, Абый, Мэҥэ-Хаҥалас, Таатта, Нам, Уус-Алдан, Муома, Горнай, Хаҥалас, уонна Бүлүү.

          Бүлүү улууһуттан биһиги биир дойдулаахтарбыт, нэһилиэкпит тумус туттар дьиэ кэргэнэ – Степановтар; Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастардара удьуор уус дьиэ кэргэн — бииргэ төрөөбүттэр Николай Николаевич Степанов, Анна Николаевна Семенова, уус-уран оҥоһуктарга норуот маастара Саргылана Ивановна Алексеева, Бүлүү улууһун норуотун маастара Мария Николаевна Алексеева уонна кинилэр оҕолоро уонна сиэннэрэ кыттыыны ылбыттара.

         3 түһүмэх түмүгүнэн Степановтар дьиэ кэргэн кыайыы кынаттанан бастакы истиэпэннээх дипломунан уонна 60 000 солкуобайдаах харчынан сертификатынан наҕараадаланнылар.

          Дьиэ кэргэн – таптал, өйдөһүү, өйөһүү, сомоҕолоһуу төрдө,  онон баҕарабыт айар-тутар дьоҕурдаах, удьуор уус Степановтар дьиэ кэргэннэригэр өрүү да маннык түмсүүлээх, эйэлээх буоларгытыгар! Ааккытын ааттатар, туйаххытын хатарар ыччаттардаах, кэскиллээх ыал буолун! Нус-хас олохтоох, чөл туруктаах, бигэ эрэллээх буолун!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *