Кыайыы 79 сылын көрсө
1945 сыл ыам ыйын 9 күнэ — дьон-сэргэ, норуот улууканнаах Кыайыытын, үтүө санаа хара дьайы самнарыытын кэрэһитэ. Бу дьулаан сэриигэ өстөөҕү өһөрбүт, Кыайыыны аҕалбыт хас биирдии саллаат уонна тыыл үлэһитин модун санаатын кыайыыта. Бу бырааһынньыктааҕы сааскы күннэргэ, Улуу Кыайыынан киэн туттуубут хаһан да толуйуллубат ыар сүтүктэрбит туһунан кутурҕан санаалыын дьүөрэлэһэр.
Ол курдук Балаҕаччы нэһилиэгэр Улуу Кыайыы 79 сылын көрсөр тэрээһиннэр ыам ыйын 7 күнүттэн саҕалаан буоллулар. Маҥнайгы күн “Георгиевская лента” акцияттан саҕаламмыта. Ыам ыйын 8 күнүгэр Мемориалга үгэс буолбут “Свеча Памяти” акция буолан ааста.
Уонна үһүс күҥҥэ Улуу Кыайыы 79 сылын бэлиэтээн Мемориалга митинг буолан ааста. Манна нэһилиэк тутаах дьоно, ытык кырдьаҕастара ааспыт кэми ахтан-санаан аастылар, кэлэр көлүөнэҕэ анаан алгыс тылларын эттилэр. Митинг кэмигэр «Полевая кухня» тэриллэн, кэлбит ыалдьыттары сылаас хааһыннан уонна итии чэйинэн күндүлээтилэр. Уонна киэһэни түмүктүү Балаҕаҥҥа итии чэйдээх, ырыа аргыстаах бырааһынньыктааҕы остуолга муһуннулар. Кыайан кэлбэтэх дьоҥҥо, олохтоох дьаһалта бэйэлэрин сэмэй бэлэхтэрин, эҕэрдэлэрин дьиэлэринэн сылдьан туттардылар.