Көмүс күһүнү көрсө
Халыҥ көмнөх үллүктэнэн,
Көмүс дуйун бүрүнэн
Күлүмнээтэ кэрэ күһүн!
Самаан сайыммытын атаара,
Көмүс күһүммүтүн көрсөр
Күммүт тиийэн кэллэ доҕоттоор!
Ол курдук балаҕан ыйын 21 күнүгэр «Чэчир» сынньалаҥ киинигэр «Көмүс күһүн» тэрээһин буолан ааста. Сылын ахсын үгэс буолбут атыы-эргиэн дьаарбаҥката, бөдөҥ оҕуруот аһыгар «Саамай, саамай…» күрэх, күһүҥҥү фотозона күрэҕэ уонна араас көрдөөх оонньуулар буоллулар. Маны таһынан интернет ситиминэн ыытыллыбыт хаартыска күрэҕин түмүгэ билиннэ, кыайыылаахтарга анал бэлэх туттарылынна.