,,СҮГҮРҮЙЭБИТ ЭЙИЭХЭ -УЧУУТАЛ КИҺИЭХЭ !,
Учуутал — хас биирдиибит олоҕор сүдү суолталаах киһи. Кини үөрэтиитэ, такайыыта устар олохпут тухары быстыспат ситим буолан өйбүтүгэр- санаабытыгар төһүү күүс буолан хаалара саарбаҕа суох. Ол санааннан сиэттэрэн алтынньы ый 5 күнүгэр «Чэчир» сынньалаҥ киинигэр учуутал күнүгэр аналлаах,
,,СҮГҮРҮЙЭБИТ ЭЙИЭХЭ -УЧУУТАЛ КИҺИЭХЭ !,,
ахтыы киэһэтэ тэрилиннэ. Бу киэһэ, Мастаах орто оскуолатыгар араас кэмнэргэ үлэлии сылдьыбыт учууталларын туһунан, үөрэппит оҕолоро, выпускниктара өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан ахтан-санаан ыыппыт ахтыыларын, эҕэрдэ тылларын иһиттибит. Хас биирдии ахтыы, оскуола кэминээҕи хаартыскалар ааспыт кэмнэри сөргүттүлэр.
Билигин номнуо бэйэлэрэ эһээ, эбээ буолбут дьон бастакы учууталларын хайдахтаах курдук күндүтүк саныыллара киһини долгутар, уйадытар.
Маны тэҥэ «Ааспыт кэми сэгэтэн» хаартыска быыстапката турда. Быыстапкаҕа Мастаах орто оскуолатыгар үлэлээн ааспыт учууталлар мэтэриэттэрэ, урукку сыллардааҕы оскуола олоҕуттан хаартыскалар киирдилэр.