Өбүгэ утума күрэс балаһыанньата

🔹⚜️🔹⚜️🔹⚜️🔹⚜️🔹⚜️🔹⚜️🔹
Олоҥхо декадатын, хомус күнүн чэрчитинэн куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар аһаҕас «ӨБҮГЭ УТУМА» күрэс БАЛАҺЫАННЬАТА 
⚜️ Тэрийээччилэр: Балаҕыччы сэлиэнньэтин ТКСК "Чэчир" сынньалаҥ киинэ.
⚜️ Ыытыллар кэмэ: Сэтинньи 22-29 күннэрэ, 2021с.
⚜️ Сыала-соруга:
•	Саха норуотун фольклорун жанрдарын үйэтитии, тэнитии;
•	Өбүгэлэрбит саҕаттан илдьэ кэлбит тылынан уус-уран айымньыны үйэтитии, сайыннарыы;
•	Олонхо геройдарын ырыаларын-тойуктарын, матыыптарын  киэҥ эйгэҕэ таһаарыы,  биирдиилээн толоруу ньыматын баһылааһын;
•	Хомус үгэс тардыытын ньымаларын үйэтитии;
•	Кыттааччылар толорор маастарыстыбаларын үрдэтии.
⚜️ Ыытыллар бэрээдэгэ : Күрэс 2 бөлөҕүнэн арахсан ыытыллар. Толоруу-биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн. 
1.	I бөлөх: оҕолор;
2.	II бөлөх: улахан дьон.
⚜️ Күрэс хайысхалара: 
•	Тойук (олоҥхо геройдарын ырыата-тойуга);
•	Хомус(аныгылыы тэтим, доҕуһуол, фонограмма үрдүнэн хомустуур көҥүллэммэт;);
•	Норуот ырыата;
•	Чабырҕах.
⚜️ Күрэһи ыытыы ирдэбиллэрэ:
•	Кыттааччы  сахалыы таҥаһа саба; 
•	Видео эрдэ араас күрэхтэргэ, кэнсиэрдэргэ ону тэҥэ дьиэҕэ олорон уһуллубут буолуон сөп.
•	Кыттыы иһин сайаапкаҕыт куйаар ситимигэр видеоҕыт тахсыытын сөбүлэҥ туоһута буолар. 
⚜️ Ыытыллар кэмэ:
•	- Кыттааччы видеотын, сайаапканы, взноһу төлөөбүтүн туһунан чегы сэтинньи 22 күнүттэн сэтинньи 29 күнүгэр диэри  ватсап нөҥүө
89681525781 (Наталия Святославовна) эбэтэр
89627325587 (Антонина Григорьевна) номердарга ыытаҕыт.
•	- Түмүк сэтинньи 30 күнүгэр тахсар;
•	- Кыттыы иһин төлөбүрэ хас биирдии кыттааччыттан -  100 солк.
Күрэх балаһыанньатын  tkskchechir.ru сайтан ылаҕыт

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *